Ыам ыйын 8

Бикипиэдьийэ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ыам ыйын 8 диэн Грегориан халандаарыгар сыл 128-с күнэ (ордук хонуктаах сылга 129-c күнэ). Сыл бүтүө 237 күн баар.

Түбэлтэлэр[уларыт | куодун уларытыы]

  • 1945 — Карлсхорст диэн Берлин куорат таһынааҕы сиргэ Германия сэриилэрэ бэринэллэрин туһунан Аактаҕа илии баттаммыт.
  • 1945 — Саха саллаата Донской Феодосий Рейхстаг таастарыгар сурук хаалларбыт: «Были и мы из Якутии». Бу Ньурба Маалдьаҕарыгар төрөөбүт киһи кэлин Саха араадьыйатыгар үлэлээбитэ, учуонай буолбута.
  • 1953 — Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ аан бастаан бэлиэтэммит. Бу күн Кыһыл Кириэс тэрилтэтин 1863 сыл олунньутугар тэрийбит Швейцария уопсастыбаннай диэйэтэлэ Анри Дюнан (1828—1910) төрөөбүт күнүгэр олохтоммут.

Төрөөбүттэр[уларыт | куодун уларытыы]

Өлбүттэр[уларыт | куодун уларытыы]

Бырааhынньыктар[уларыт | куодун уларытыы]

  • Аан дойду сорох дойдулара бүгүн Кыайыы Күнүн бэлиэтииллэр.
  • Кыһыл Кириэс уонна Кыһыл Ый Аан дойдутааҕы күнэ.